Ыам ыйын 9 күнүгэр, Улуу Кыайыы 77 сылын көрсө
« Кыайыыны уруйдуубут» диэн үөрүүлээх тэрээһиммит, бэрт тэрээһиннээхтик ыытыллынна, ол курдук , улахан дьоннор, оскуола оҕолоро «Өлбөт үйүөлээх полка» аахсыйа чэрчитинэн байыаннай марштан саҕаланна. Өйдөбүнньүк памятнигар В.Ф.Афанасьев — Алданскай орто оскуолатын улахан кылаас«» уолаттара кэриэстэбил венок уурдулар, ийэ тапталларыгар бэриниилээхтэрин биллэрэн оскуола оҕолоро өйдөбүнньүк ахтыы оҥорон, сэрии уотуттан эргиллэн кэлбэтэх аймахтарын туһунан кэпсээтилэр, сырдаттылар, ол кэннэ
«Өйдөбүнньүк чүмэчи» ыытыллынна, салгыы «Удьуор ситимэ» сквергэ кэлэн , нэһилиэкпит баһылыга Г.Г.Босиков эҕэрдэтинэн үөрүүлээх тэрээһиммитин аста, күргүөмүнэн С.Борогонскай «Кыайыы ырыата» хоһоону аахтыбыт, Тыыл ветераннарыгар,сэрии сылын оҕолоругар, тэрилтэ салайааччылара эҕэрдэ тыл этэн туран бэлэхтэрин туттардылар, оскуолабыт оҕолоро бииртэн биир чаҕылхай эҕэрдэ нүөмэрдэри кылааһынан туруорбут эҕэрдэ концертарын бэлэх ууннулар, эбиэттэн киэһээ аҕам саастаахтарбытыгар анаан бырааһынньыктааҕы остуол тэрээһинэ ыытыллынна.